Иччилээх, абааһылаах кэпсээннэр
Сынньалаҥҥа…
Дьикти хомус баар этэ биһиэхэ.
Устар ууну сомоҕолуур этитилээх хомус мин ийэбэр баар этэ. Мин оҕо эрдэхпинэ биһиги уулусса эмээхситтэрэ Баабылаба Маайа, Мыччылла Балбаара, Толлопут Борускуо, Маарыйа эмээхсин, Ньолоспо Мотурууна эҥин киэһэ биһиэхэ мустан олороннор «Ылыый Өрүүнээ хомуста тарда түс эрэ»-дииллэрэ. Сороҕор «чэйиий Өрүүнэ былыргыны кэпсээриий»-диэн баран ийэбин тула олоппосторун сыҕарытан олорунан кээһэр ээтилэр ээ барахсаттар. Ол истэ сатыыр хомустарын былыр Киирэп тимирин ууһа Күөрдээн уус кыстыгар таптайан,уотугар уһааран таһааран анаан эттиттэрэн мин ийэм ийэтэ сүктэн кэлэригэр харысхал кынан бэлэхтээбит хомуһа эбит. Чараас баҕайы тыллаах хомус этэ. Ийэм миигин ол хомуһунан тардарга үөрэппитэ. Дьэ дьүрүһүтэн этэр хомус этэ. Хомуһу тардарга тыын уһуна наада. Биһиги тыыммыт тиийбэккэ чылыгыратан кээһэр этибит. Ийэм холобур хомуһун айаҕар аҕалан тирээн баран биир охсуутугар иккитэ тыын эҕирийэр этэ. Хомуһун тохтоппокко туран. Ол уларытарыгар ыраах баҕайы дүҥүр тыаһын курдук хос тыас иһиллэн ааһар буолааччы. Ону эмээхситтэр истэн «хос туох тыаһыырый хотуй»-дэһэр этилэр. Оннук хаайаннар ийэм былыргы һакыбыйааһын аһан хомуһун ыллаҕына остуол тула сүөгэй үүттээх чай иһэ-иһэ олохторун оҥостон олорон сэргээн истэр этилэр. Арааһа бу Сайылык түбэтигэр ийэбэр тийэр хомусчут суоҕа буолуо . Ол этэр хомуһуннаах хомус тыаһа биһиги кыра дьиэбитигэр дөрүн-дөрүн дьүрүһүйэр буолар этэ. Эмээхситтэр эрэйдээхтэр санаалара сайан,сүөм үрдээн, дьоллоох дорҕоон доҕуһуолугар уйдаран үөрэн көтөн тарҕаһар буолаллара.
Эбэтэр ийэм араас дьикти кэпсээннэрин, тиһигин быспат үһүйээннэрин дьиҥ олоххо буолбут номохторун истэн түүннэри олорор этилэр.
Ити дьикти хомус ханна баттай,бу дьикти таабырыын.
Ийэм өлүөр дылы бу хомус баара. Били былыргы һакыбыйааһыгар ол бу малларын кытта илдьэ сылдьыбыта. Туохтан эбит хомойдоҕуна хоргуттаҕына ылан тардан хомус дьүрүскэн тыаһынан санаатын бөҕөргөтүнэрэ. Өлүөн иннинэ «тоом,уута аҕал эрэ»-диэбитин куруускатыгар сылаас уу кутан иһэрдибитим. Ол иһэн баран саҥара сатаабыта ону истэ сатаан баран кулгаахпын айаҕар даҕайан үс тылы истибитим. Ол «тоойуом били хомуһу»-эрэ диэбитин. Салгыы кыайан истибэтэҕим. Туох дии сатаабытын туох билиэй. Арааһа «тоойуом били хомуһу бээбэр угаар «-диэбит буолуон сөп эбитэ дуу кэлин санаатахпына. Онтон ийэбин тиһэх суолугар харайа сылдьан хомуһу санаан били һакыбыйааһы ылан аһан көрбүтүм ол бу малын түгэҕэр хомуһун таҥаһынан боччоччу эрийэн кээспитэ сылдьар этэ. Ону ылан ороҥҥо олорон тардан охсон көрбүтүм били урукку курдук дьүрүһүйбэт чылыгырыыр эрэ этэ. Ону онно муодарҕаан баран аһаран кээспиппин. Төттөрү мөччөччү суулаан баран төттөрү ууран кээстим. Ийэбин таһааран эҥин сүүрбэччэ хонон баран утуйа сытан уһугуннум түүн. Арай иһиттэхпинэ ким эрэ тугу эрэ көрдүүр тыаһа иһиллэр. Ону истэн «кимҥиний тугу көрдүүгүнүй»-диэбиппэр сүтэн хаалла. Салгыы утуйан хаалбыппын. Сарсыарда үлэбэр бараары туран уоту аспытым арай били хочуоҥкаҕа уурбут һакыбыйааһым киирэн хаҥас остуолга турар. Чэ,ону үлэҕэ ыксаан аахайбатым. Ылан остуол быарыгар уурдум. Ол саҕана Саҥа Дьабыга дайаккалыыбын. Үлэбэр тиэтэйэн бардаҕым дии. Киэһэ кэлэн били һакыбыйааһы санаан ылан аһан көрдүм. Санаабар хомуһу тардан көрөөрү. Онтум мөччөччү сууланан баран һакыбыйаас муннугар сытар анныгар луоска көстөр. Диктиргээн ылбытым үрүҥ көмүс улахан баҕайы луоска эбит. Хата онно санаатым бу луоска кур баарын уонна хата түөрдүөн хонугар балтыбар бэриллиэ этэ диэтим испэр. Төттөрү угаттаан баран хочуоҥкаҕа таһааран кырыы дьааһыкка уган кээстим һакыбыйааһы. Аҕыйах күн им дьим сырыттыбыт. Онтон ийэм түөрдүөн хонугун чугаһыгар түүн эмиэ туохтан эрэ һиэгиргээн уһуктан кэллим. Арай хаҥас долбуурга ким эрэ эмиэ тугу эрэ көрдөөн иһити тыаһатар. Ону истэн кэргэним куттанан миэхэ ыга сыстан сытар. Уол кыра буолан утуйан буккуруу сытар. Таспар сытар онон ытыспынан тутан сытабын. Онтон доҕоор хаҥас долбууртан хобордоох түстэ. Төкүнүйэн лүһүгүрээн кэлэн оһох иннин диэкки оҕутта. Тыаһа улахана эчи сүрүн. Ол кынан мин олох да куттаммаппын хайдах буолтум буолла. Хата төттөрүтүн кыыһыран кэллим итиэннэ «билээт, тугу көрдүүгүт, сүгүн олордуҥ эрэ»-диэн улаханнык саҥардым. Сонно ылы чып баран хаалла били тыаһым. Утуйан хаалбыппыт . Сарсыныгар туран били төкүнүйбүт хобордооҕу булбатым. Эгэ биһиэхэ хобордоох да суох этэ ээ. Дьэ дьикти. Чай куттан иһэ туран көрбүтүм хаҥас остуолга били кырыы дьааһыкка укпут һакыбыйааһым киирэн турар. «Һык»-кына түстүм ээ ону көрөн. «Ама ийэм хомуһугар кэлэн батта буолуо дуо»-диэммин . Ыксаан аһан көрбөккө ылан остуол быарыгар (алараа долбууругар) ылан ууран кээстим. Икки күнүнэн түөрдүөн хонуга буолар. Онон оттон дьоммун күүтэн сылдьабын буоллаҕа. Сарсын буолуохтаах ол түүнүгэр эмиэ эмискэ уһугуннум иһиттэхпинэ үөһэттэн дьиэбит оттотун диэкки туох эрэ ыарханы быраҕан «лиис»-кыннардылар ээ. Олох ороммор олоро түстүм да бабыгырыы түстүм.»Абаккам да эбит бу билээттэриэ»-диэбитинэн туран уоту астым. Туох «лис»-кыммытын көрө сатаатым да суох. Оһохтон сылаас уу куттан иһэн баран күрүүкэни ылан уолум оронун анныгар уктум уонна кыптыыйы сыттыгын анныгар уган баран утуйан хааллым. Бүгүн кэпсэтэн солбуйаллар онон өрүүбүн. Налыччы туран уот оттуннум. Ол олорон хаҥас остуолга уурбут һакыбыйааһым үөһэ тахсан ууруллубут.
Мин остуол быарыгар уурбутум ээ. Хайдах хайдаҕый диибин. Ылан аһан көрбүтүм били хомус уонна үрүҥ көмүс луоска суохтар. Ама ону кэлэн ылан батта буолуо дуо диэн билиҥҥэ дылы дьиктиргиибин.
Эмиэ да ылан барыан сөп курдук. Биирдэ төһөөтөхпүнэ хантан эрэ үчүгэй баҕайы хомус тыаһа иһиллэр. Ону ээ ийэм баар эбит дии хомуһун тыаһа кэлэр диибин. Ыраах баҕайыттан дьүрүһүйэр тыс чугаһаан ийэм кэннинэн баттаҕа сиргэ тиийэ намылыйан хомус тарда олорор эбит. Ону били луосканы санаан ыйытаары «ийээ»-диэн иһэн уһуктабын. Ити түүлбүнэн тойонноотоххо хомуһун ылбыт быһыылаах.
Оттон үрүҥ көмүс луоска дьылҕата таайыллыбат таабырыын буоллаҕа. Баҕар биирдэ эбит түһээн билиэм диэн эрэх турах сананабын ээ.
Баһылай.
Кими илдьэ барыахтарын дьүүллэһэллэр
Уонча сыллааҕыта быһыылааҕа, биирдэ кыһын Тереясов Дмитрийдиин баанньыкка бииргэ түбэсиһэн сууммуппут. Кинини көннөрү Дима диэн ааттыырбыт. Паардана олорон кини миэхэ манныгы кэпсээбитэ. Өрдөөҕүтэ, оҕолоро кыраларыгар, суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытар гына ыалдьыбыт. Бадаҕа, хас да суукка өйө суох сыппыт. Ол сытан түһүүр курдук гыммыт. Түһээтэҕинэ эппиттэр:»Киэһэ 7 чааска кулуупка уопсай мунньах буолар. Дьокуускайтан бэрэсьэбиитэл кэлбит, сыллааҕы отчуот оҥорор уонна инники былааннар тустарынан кэпсиир дииллэр. Мунньахха булгуччу кэлээр»- диэн. Болдьохтоох кэмҥэ кулуупка тиийбитэ, бары аннараа дойдуга барбыттара ырааппыт дьон сылдьаллара үһү. Олор истэригэр бокуонньук Гурьев Николай диэн киһи баар эбит. Дима сөрү диэн сөхпүт. Ньукулайтан ыйыппыт:» Хайа, анараа дойду хайдах эбитий?» «Манна олус үчүгэй»- диэн хоруйдаабыт киһитэ. Мунньах саҕаламмыт. Мунньаҕы салайааччынан Петров Лука Впсильевич, суруксутунан Павлова Анисья Поокопьевна буолбуттар. Ити икки киһи ол саҕана тыыннаах этилэр. Били, Дьокуускайтан кэлбит киһи отчуотун саҕалаабыт . Быһаарар курдук эттэхпинэ, Бордоҥ икки чааска арахсар илиҥҥи эҥээр «Пиэрмэ» диэн ааттанар, арҕаа эҥээр ‘Сааба өтөҕө» диэн буолар. Дакылаатчыт ааспыт сылга «Пиэрмэҕэ’ төһө киһи өлбүтүн, онтон баччата дьахтар, оччото эр киһи диэн отчуоттаабыт, салгыы «Сааба өтөҕүн» ырыппыт. Уопсайа Бордоҥ үрдүнэн бачча киһи өллө диэн араатардаабыт. Кэлин уһуктан баран ааҕан көрбүтэ, ол сыыппаралар оруобуна сөп түбэһэллэр эбит. Онтон кэлин дакылаатчыт кэлэр сылга Бордоҥҥо төһө киһи өлүөхтээҕин былааннанарын ырыппыт. Онтон баччата дьахтар, оччо эр киһи диэн үһү. Түмүгэр эппит:» Бүгүн биһиги бу мунньахпытыгар кэлэр сылга бэйэбит кэккэбитигэр ылыахтаах икки киһи кандидатуратын дьүүллэһэбит. Бастакынан, Тереясов Дмитрий кандидатуратын көрүөххэйин»- диэн. Саалаҕа олорооччулар өр дьүүллэспиттэр, сорохторо Диманы бэйэбит кэккэбитигэр ылабыт, сорохторо ылбаппыт дииллэр эбит. Онтон суруксут Анисья Прокопьевна тыл көрдөөбүт. Киниэхэ тыл биэрбиттэр. Кини Дима элбэх оҕолооҕун, онтун хайаан да улаатыннартыырын хайаан да наадалааҕын ыйбыт. Онтон салгыы эппит:»Ол оннугар кини ийэтэ Биэрэ эмээхсини уонна убайа Болуодьаны ылар сөп»- диэбит. Инньэ диэтин кэннэ туох эрэ күүс үөһэ анньарга дылы гыммытыгар, өйдөнөн кэлбит. Кини сонно тута үтүөрбүт. Итинтэн ый курдук буолан баран, ийэтэ Биэрэ эмээхсин өлбүт, онтон өссө биир ыц буолан баран, бииргэ төрөөбүт убайа Болуодьа суох буолбута. Ити дьикти түүлүн кэпсэбитин кэннэ, ситэ биир ый ааспатаҕа — Дима өйө суохохтубута,уонна өйдөммөккө «барбыта». Өссө эбэн этэбин, ити мунньахха дьүүллэһиллиэхтээх, иккис киһи билигин да баар. Кини аатын ыйар олуона буолуо.
Александр Алексеев
Муокастаах хотон
Биһиги 1938с сүөһүлэрбитигэр от сиэтэ Чурапчыттан хас да ыал буолан Нуотараҕа Чэллэм диэн үрэххэ киирбиппит. Онно кыстаабыппыт. Хаалбыт эргэ дьиэни өрөмүөннээн урут уот сиэбит, сүөһү бөҕө өлбүт хотонун оннугар саҥа хотон тутан кыстаабыппыт. Хотоммут дьиэҕэ салгыы турар буолан оһох кэннинэн киирэрбит. Дьиэбит биир муокастааҕа. Оҕолор киэһээ аайы этэрбэстэрбитин оһох холумтанын тула куурда уурарбыт. Сарсыарда ахсын ким этэрбэһигэр төһө элбэх буор хааламмытын көрөрбүт истэрбит. Хата биһиэхэ туох да дьарыга суох дьоҥҥо бэрт күн ыаһаҕа буолара. Улахан дьон киһини иҥин көрөллөрүн кэпсэтэллэрэ. Ардыгар били көстүбэт киһибит туттар малбытын саппытын кистээн кэбиһэрэ. Сайын биһиги атын учаастакка баран сайылаабыппыт. Онно ийэм аах хотоҥҥо сырыттахтарына кыра балтыбын көтөҕөн дьукаах кыыспыныын түннүгүнэн одуулаһа турдубут. Таһырдьа тиэргэн муннугар ыалбыт сэбиэт бэрэссэдээтэлин миинэр ата мэччийэ сылдьара. Арай ол ат үрдүгэр былыргы саха дьахтарын көрөн аһардым. Былаатын бобуонньуктуу бааммыт. Өр соҕус көһүннэ. Ити түгэн кэнниттэн улаханнык ыалдьан охтон хааллым. Дьонум миигин ороҥҥо сытыаран баран таһырдьа тахсыбыттар. Онно ньолбоҕор сирэйдээх, дьэс кыһыл букатын билбэт киһилэрэ турара үһү. Ити кэнниттэн мин эмиэ өйбүн сүтэрбиппин, ол түүнү быһа кулун курдук өрө мөхсөн баран сарсыарда туран сүүрэн хаплбыппын. 30-с сылларга манна сылгы пиэрмэтэ тэриллэн, хас да сиринэн нууччалыы тутуу барбыт. Сылгы турарыгар анаммыт олус улахан хотонноо бааллара. Чугас хотоҥҥо ынахтарбытын ыырбыт. Биир киэһээ эдьиийбинээн ынахтарбытын баайа сылдьан хос долбууругар куп кугас баттаахтаах, мап маҥан оҕону көрдүм. Онтум ийэттэн төрүүр сыгынньах долборуктан туран иһэн миигин көрөн ынчыктаан баран төттөрү сытынан кэбистэ. Куттанан эдьиийбэр сүүрдүм. Сарсыҥҥытыгар тарбыйахтарбыт аҕылыыр ыарыынан ыплдьан өлөн истилэр. Билигин сэрэйдэххэ арааһа тарбыйах абааһытын көрбүппүн быһылаах. Биһиги аттыбытыгар сэбиэппит бэрэссэдээтэлэ олороро. Кинилэргэ кэргэнин быраата, сүүрбэччэлээх, улаханнык ыалдьар уол оҕо баара. Арыт таах сытан тахсара, арыт турдаҕына ийэбин кытта кэпсэтэрэ. Биирдэ биһиэхэ дьэдьэннээх сир булбутун туһунан кэпсээтэ, уонна дьэдьэннэтэ илтэ. Ыраас баҕайы хочо саҕатыгар дьэдьэн бөҕө үүммүт. Бөдөҥ да бөдөҥ дьэдьэннэр. Биһиги икки үс күн көҥүл ыллаан туойан дьэдьэн бөҕөнү үргээтибит. Оннук сырыттахпытына биир күн кыыспыт ыллаан мэнэрийэн турда. » Оҕолор олус улаханнык ыллаан-туойан сир дойду иччитин аймаабыттар быһылаах»- ийэбэр тыллыы охсубуттар. Онтон ыла биһиги букатын спҥарбакка уоруйах дьон курдук дьэдьэнниир буолбуппут. Бу сир иччитэ биирдэ ынах хомуйа сылдьар дьахтарга көстүбүт үһү. Хайа үрдүгэр олус истиҥ нарын куоластаах дьахтар ыллаан дьиэрэппит. » Ол дойду иччитэ ыллаабыт’- диэн кырдьаҕастар кистии саба кэпсэтэллэрэ.
Бүлүүһэ сүүрдэн, кырдьыгы билбитэ
Таҥха былыр биһиги өбүгэлэрбитигэр олус дириҥ суолталааҕа. Хас балаҕан ахсын кэриэтэ таҥха кэмигэр бүлүүһэ сүүрдүүтэ буолара. Ону таһынан сорох ойбон иһиллиирэ. Сорох сэргэ миинэрэ, эдэр өттө биһилэх, күлүк көрөллөрө. Бу кэпсээни таҥхаҕа сыһыаннаах диэн дьиҥ-чахчы буолбукка олоҕуран, тугу да эппэккэ-көҕүрэппэккэ, хайдах истибиппинэн эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарабын. Ким итэҕэйэр итэҕэйиэ, итэҕэйбэт итэҕэйиэ суоҕа.
Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар буолбут түбэлтэ. Саха киһитэ сааһын эрэ буолбакка, күһүнүн эмиэ кустуур идэлээх. Ол сиэринэн икки атастыылар – Ньукулайдаах Сэмэн бииргэ үлэлиир дьоннорун кытары төрдүө буолан ыраах алааска кустуу бараллар. Барбыттара икки-үс хоноотун кытта, бөһүөлэги ыар сурах тилийэ сүүрэн кээһэр. “Ньукулай ууга түһэн өллө, кыайан булбатыбыт”, — диэн төннөн кэлбит дьон кэпсииллэр. Аймалҕан бөҕө буолар. Бокуонньугу көрдүү сатаан баран букатын ыкса күһүн биирдэ, ууга сытан дэлби сытыйбыт киһини булаллар. Хайыахтарай. Бырастыынаҕа суулаан ол үрдүнэн таҥаһын таҥыннаран сири буллараллар.
Ол кэмтэн балачча үгүс хонук ааһар. Көмүс күһүн барахсан көмнөҕүнэн ыһыахтанан, от-мас сэбирдэҕин биир да суох гына итигэстээн ааһа охсор да, кыһын обургу саппай уопсан, саха дьонун кыһалҕанан кыһарыйан бу ааҥнаан кэлэр. Арай Ньукулай кэргэнэ ааспат, арахпат аһыыттан, абаттан-сататтан уоскуйбат. Онуоха эбии түһээн, киһитэ төрүт да тимирбэтэҕин, дьоно өлөрбүттэрин көрөр буолан эрэйдэнэр. Онон таҥха оройун саҕана бүлүүһэ сүүрдэн, Ньукулайын ыҥыран, тугун-ханныгын ыйытан көрөргө быһаарынар. Дьүөгэтэ: “Кэбис, хотуй, өлбүт киһини үс сыла туола илигинэ ыҥырыллыбат,” – диэн буойа сатыыр да ылыммыт санаатын ыһыктыбакка, ыҥырар. Арай бүлүүһэтэ сүүрэр да сүүрэр уонна кустуу сылдьан туох буолбутун барытын кэпсээн биэрэр. Хайдах тиийэн сир аһаппыттарын, хайдах, туохтан сылтаан иирсэн охсуспуттарын, ким быһаҕынан анньыбытын. Хайдах ууга соһон киллэрбиттэрин, атаһын Сэмэни өлөрүөх буолан куттаабыттарын барытын ыраас мууска ууран биэрэр. Дьахтар чочумча ытыы түһэн баран уоскуйан: “Ханна бааргыный? Көрүөхпүн баҕарабын”, — диир. Онуоха: “Аан кэннигэр турабын. Куттаммат буоллаххына, таҕыс,” – диир. Дьахтар дьиксиннэр да көрөр баҕата баһыйан, ааны аргыый аһан көрбүтэ, киһитэ көмүллүбүт таҥаһынан бу кубарыйан турар үһү. “Ити кэпсээбиппин ирдэһэр буоллаххына ирдэс уонна миигин аны ыҥырыма. Антах нус-хас сылдьабын”, — диир.
Сарсыныгар дьахтар Сэмэҥҥэ тиийэн бүлүүһэ сүүрдэн биллим диэбэккэ, биттэнним диэн барытын кэпсээн биэрэр.
Сэмэн суукка үҥсэн, анараа дьон аҕыстыы сылга уонна Сэмэн бэйэтэ өр тута сылдьыбытын иһин алта сылга хаайыыга ууруллаллар. Сэмэн төһө да хаайыыга сыттар: “Алдьархайдаах ыар сүгэһэри илдьэ сылдьыбыппын, билигин дьэ чэпчээтим”, — диирэ үһү.
Сааьыырга биир нуучча о5онньоро олоро сылдьыбыта
Оруобуна ити картинка5а кестер фельдмаршал Кутузов курдук дьуьуннээх этэ. Ол о5онньор отчествота то ли Валентинович, то ли Надеждович, чэ уопсайынан чуечэ аатын курдук. Гаражка охранниктыыр этэ. Отой тонг нуучча, крещёный игин буолуохтаах, в общем биЬиги итэ5элбитигэр ханан да сыьыана суох омук. И то, кини онноо5ор, биирдэ бэркэ диэн куттаммыт, соЬуйбут этэ. 70-80 сылларга. Саас урэх ненуе балыктыы сырытта5ына, уутээнигэр туун уонча оскуола о5олоро киирэн кутулла туспуттэр уЬу. Туун буо, харана. Чэй куттан остуолга олордохторуна, чумэчи сырдыгар ейдеен кербутэ, ол о5олорго харахтарын онно кендей (пустой) уЬу. Ону кереет, куотан тахсан хайдах урэ5и устан дуу, харбаан дуу туораабытын ейдеебет. Урэх буолла5ына кырата суох ээ-ерус протоката. Дэриэбинэ5э хаЬан хайдах кэлбитин кутталлыттан ейдеебет, уоскуйан баран кэпсээбит. Ону дьон сурдээ5ин итэ5эйэн дьиксиммиттэр- горячкалаабыт диэ5и, арыгыны бата испэт киЬи, тебетунэн ыалдьыбыт диэ5и- поводов не было. Ити кэннэ сайынын, оскуола 10 кылааЬын бутэрээт выпускниктар мотуордаах оночоннон хатааЬылыы сылдьан ол ерускэ ууга туЬэн елбуттэр этэ.
О5олорун сиэбит буруйугар накаастабыл миэрэтин быЬыытынан ити протоканы олохтоохтор бэйэтин суох гыммыттара, куурдан уолларан кэбиспиттэрэ- ерус сунньун уларытан атын руслоннан ыыппыттара.
Бу кэпсээн ба5ар сыыЬалардаах буолуон сеп, то5о диэтэххэ ити о5онньор тылыттан пересказ. Ба5ар русло буолбата6а буолуо- куел эбэтэр элгээн буолуон сеп. Но уопсай едебулэ ситигирдик. Ончу итэ5эйбэт буоллаххытына Чыыстайдартан теруттээх дьонтон да ыйыталаЬын, уеттук биллэр история.
БУЛГУННЬАХ АБААҺЫТА
Булгунньаҕы » кургаан » диир дьону кытта үлэлии сылдьыбыттаахпын. Бас баттах саҥалаах дьон этилэрэ. Ол да буоллар, ыарахан үлэҕэ сырыттахха, ити курдук дьон аралдьыталлара үчүгэй буолара. Син өйдөһөр этибит. Дьокуускай таһыгар богуон дьиэҕэ үлэһиттэри кытта олорор кэммит. Ити 1958 -1959 сылларга. Онно өссө хомсомуолбун. Ийэбин кытта барар — кэлэр сирбит баранан, итиннэ олорбуппут . Уолаттар ийэ курдук оҥостор этилэрэ. Араас улуустан быстан — ойдон кэлэ сылдьар ычыах — бычыах дьон буоллахпыт. Дьиэбит түннүгүн утары улахан баҕайы булгунньах турара. Ой Бэс уонна Табаҕа икки ардыгар. Уот суох. Киэһэрдэ да, хараҥаран хаалара. Биһиги ол аайы борук — сорукка булгунньахпытын кыҥастаһар этибит. Биирдэ булгунньах оройугар уот оттубуттарын курдук , туох эрэ сырдаан көстүбүтэ. Ийэбэр эппиппэр » ол булгунньахха ким уот уоттаммыт үһүө, туох уота буолара биллэр…»- диэн эрэ кэбиспитэ. Билигин санаатахха, айыы уота буолбатаҕын билэр эбит. Арыт булгунньаҕы көрө турдахпына хаста да сулус сыыйыллан түһэрэ. Дьиэлэрбит чугас — чугас тураллара. Олортон биирдэстэригэр Кынньаҕар Өндөрүүскэ олороро. Биирдэ биһиэхэ киирэн олорон: » Ити кургаан! Онно кылаат баар буолуохтаах…»- дии — дии хараҕа уоттанан кэлэрин өйдөөн хаалбыппын. Хас да сыл оннук олорон үлэ бөҕөтүн үлэлээбиппит. Түөртүү кыбартыыралаах, иккилии этээстээх дьиэлэри тутуталаабыппыт. Сороҕор ыҥырыа уйатын курдук хостордоох дьиэлэри тутарбыт. Тарабукин диэн уол биирдэ сиэркилэлээх кэлбитэ. Тугу көрөн аралдьыйыахпыт баарай, харабыл оҕонньорго сарсыарда уһугуннардын диэн илдьэ сылдьар бөтүүгүн моһуоктаабыппыт. Сиэркилэбитин тутан биэрэн күлүгүн кытта охсуһуннарарбыт. Бөтүүк тэбэн баран тиэрэ баран тиэрэ таралыс гынар этэ. Ол аайы күлсүү бөҕө. Хаста да тэбэн көрөн баран, син тугу эрэ толкуйдуурдуу, сиэркилэ кэтэҕин өҥөйөн көрөрө. Аны туран ол бөтүүгүн оҕонньор уола кэлэн : » Мин бөтүүгүм таҥараһыт ээ » ,- дии- дии ылан таҥнары сытыаран кэбиспитэ. Бөтүүк таҥнары сытан эрэ хамнаабат буолан хаалара. Түөһүгэр икки харандаас чоочоонун ылан, кириэстии ууран кэбиспитэ. Хамсаабат буолан түспэтэхтэрэ. Өлүөр диэри сытыах курдуга. Хамныа диэн кэтэһэ сатаан баран, тарҕаһан хаалбыппыт. Кэлин билбиппит бөтүүк кириэһэ тайа — майа да суох бэйэтэ да сытар эбит этэ. Урут өссө бөтүүк хаһыытаата да, абааһы атаҕынан куотар диэччилэр. Биһиги ол биир өрөбүлгэ сынньаммыппыт диэн ити эрэ.
Наар сөтөллөн хахсайа сылдьар уол баара. Ол уолу кытары миигин суол буорун кутарга анаабыттара. Кынньаҕар баҕайы моһуоннаах омук дьоно кэлбиттэрэ. Хаана тартаҕа буолуо, олорго отой сөрүөстэ сылдьар буолан хаалбыта. Биһиэхэ быгара аҕыйаабыта.
» 800 кыраам бурдугунан Өлүөнэни хааһылыыр дьон » диэн аанньаран этиэхтэрэ дуо. Тыала суохха мас хамсаабат. Оттон киһибит тыла барыта » кылаат, кылаат…» диэн буолан хаалбыта. Аны туран уолаттар булгунньаҕы үлтү бурҕайан барбыттара… Кынньаҕар куопсуктаах » бөлөрүүс » тыраахтарга олороро. Буору баһан ылан улахан массыынаҕа сүөкээн иһэрэ. Санааларыгар кылааттарын көрдөөн эрдэхтэрэ буолуо. Биирдэ Хообурҕай оҕонньор миэхэ » Ити дьахтары сирдээ эрэ …» — диэн баттаҕын быыһынан көрөн кылата сылдьар, илдьиркэй таҥастаах, орто саастаах дьахтары киллэрэн биэрбитэ. Ол муҥнааҕы киһи көрөөт аһыныах курдуга. Мин хап — сабар таҥнаат дьахтары өйөөн таһаардым. Иһин түгэҕэр тугу эрэ киҥинэйэ сылдьар этэ. Этэ тымныы баҕайынан үрэр курдуга. Таһырдьа тахсааппытын кытта дьахтарым булгунньах диэки илиитин өрө ууммутунан барда. Онно чугаһаан истэҕин аайы кыаҕыран, эрчимирэн иһэргэ дылы…
Булгунньах тэллэҕэр тиийиибитигэр, санаабар, хайдах эрэ кыччаан, аччаан хаалбыкка дылы санаммытым. Аны сыыры тахсыыга дьахтарым бэйэбин сиэтэн соһуспута. Мин куттанан, отой буорайа сыспытым. Хайдах эрэ этим сааһа аһыллан хаалбыта. Хаар икки, тыал тыаһа икки биир кэм улуйан олороро. Булгунньах оройугар тиийэн иһэн халтарыйан охтооппун кытта дьахтарым отой да сүтэн хаалбыта… Онно эрэ өлөрдүү куттаммыппын билбитим. Тобуктарым отой уйбат буола титирэстээн хаалбыттара. Дьиэбэр эппэт кэлэҕэй буола куттанан киирбитим.
Тыал тыаһа киһи күлэрин, ытыырын курдук иһиллэр буолан хаалбыта. Оҕонньорго эмиэ дьахтар буолан көстүбүт этэ. Мин оччолорго саҥа ойохтонон сылдьар кэмим. Туох буоламмын ойохпун таҥнарыамый . Таптаспатаҕым.
Уолаттар ол кыһыны быһа булгунньаҕы сүргэйэн тахсыбыттара. Эһиилигэр тиийэн, үлтү эмэн бүтэрбиттэрэ…Улахан булгунньахтан тугун да хаалларбатахтара…
Ол устатын тухары булгунньах оройугар тахсан баран харахпыттан сүппүт дьахтар төбөбүттэн тахсан биэрбэтэҕэ. Санаам — оноом барыта айылҕабыт барахсаны алдьатыһа сылдьарбыттан хараастар буолбута. Ол иһин дойдубуттан, аал уоппуттан наар көрдөһөр — ааттаһар буолбутум.
Биирдэ суоппар уолаттар сирэйдэрэ — харахтара туран аҕай киирбиттэрэ. Туохтан оннук буолан киирбиттэрин хантан сэрэйиэм баарай. Олору кытта били дьахтар киирсэн, мин диэки сургуччу көрөн турара. Сарсыныгар эрдэ туран оһох отто олорбутум. Арай таһынааҕы дьиэҕэ дьахтар айманара иһиллибитэ. Аны ол — бу буолан хаалыахтарадиэн тахсан көрөөччү буолбутум. Аргыый түннүккэ үөмэн тиийэн өҥөйөн көрбүтүм, били дьахтары кытта Кынньаҕар обургу хоонньоһон сыталлара…
Онтон халлаан аргыый сырдаабыта. Эбиэккэ диэри суоппардар биллибэтэхтэрэ. Эбэбит туран эрэр кэмэ этэ. Тыал да тыал. Күнү быһа кэтэһэ сатаан баран, утуйан хаалбытым. Сарсыныгар халлан сырдыан эрэ иннигэр борук — сорукка урукку булгунньах оннугар били дьахтарым уот оттон баран, аттыгар сахсараҥныы сылдьарын көрөн этим тарпыта. Сир иһигэр дүҥүр тыаһа иһиллэрэ. Мин өссө куттаммытым. Уоппар ас кээһэрим элбээбитэ. Сарсыарда эрдэ ийэм уһугуннарбыта. Сирэйэ — хараҕа өһөн хаалбыт этэ. Хоско сүүстэрин аннынан көрбүт дьон бааллара. Кынньаҕартан били суоппардар ыйыталаһа олороллоро.
Кынньаҕар бастаан тугу да билбэтэх аанньал курдук ону — маны эрдэ олорбута. Урут туттан — хаптан сылдьарыттан чыҥха атын көрүҥнэммит этэ. Онтон бэркэ ыкпыттарыгар дьэ айаҕа аһыллыбыта. Кынньаҕарга » эн өлүүҥ » диэн көмүс биэрбиттэр… Суостаах — суодаллаах дьоҥҥо хаатыҥкатын иһиттэн : » Бу баар мин өлүүм, көмүһүм»,- диэн, титирэстии — титирэстии өрбөххө сууламмыты таһааран туттарбыта. Көрдөхпүнэ өрүс тааһыттан туох да уратыта суох этэ. Ону көрөн » оҕонньор хамнаабыт…» — дэспиттэрэ. Салгыы » булбут көмүспүтүн түүн кистээн тиэнэн барбыттара, миэхэ өссө биэриэхтээх этилэрэ»,- диэн саҥалаах буолан биэрбитэ.
Аны мин ыйытыллар уочаратым кэлбитэ. Онуоха Кынньаҕар : Итилэр билбэттэр. Мин эрэ билэбин. Утуйа сыппыттара»,- диэн миигин быыһаан ылбыта. Оҕонньору илдьэ барбыттара. Төннүбэтэҕэ…
Суоппардар сүппүттэрэ хас да хоммутун кэнниттэн » массыыналар эбэҕэ түспүттэр, суоппардар ууттан тахсан баран, Дьокуускай диэки сырсыбыттар. Сыыр анныгар арыый тиийбэккэ үһүөн үлүйэн өлө сыталларын булбуттар » диэн сурах кэлбитэ. Үс массыынаттан биирин эрэ булбуттара. Өрүс тааһын тиэйэн иһэн тимирбит диэн быһаарбыттара. Уолаттар » көмүһү, кылааты буллубут «,- дии санаатахтара буолуо. Ол иһин ол түүн кэлэн тиэнэллэр.
Айылҕа сэрэтэр, атаҕастаттаҕына иэстэһэр…
Маяк Абрамов.
УГААЙЫЛААХ ТҮҮН
Көстөкүүн уол 13 саастаах оҕо даа буоллар, кинини куруук Көстөкүүн диэн ыҥыраллар. Атын киһи иһиттэҕинэ сиппит киһи буолуо дии саныыра, онтулара баара сүрдээх сытыы сирэйдээх-харахтаах, барытын билиэн-көрүөн баҕалаах уол оҕото. Ханна даа буоларын курдук оҕо билиэн баҕата баһыйааччы. Оччоҕо улахан дьон толкуйдара тиийбэтин оҥоро көтөллөрө баар суол.
Көстөкүүн бүгүн былаан бөҕө. Эһэтин кэпсээнин истэн, бу түүн 12 чааска ойбоҥҥо киирэн олорорго сананна. Санаатыгар бу саамай чэпчэки курдук. Атын таҥха оонньууларынааҕар, сэргэни кууһуохтааҕар, хоруопка сытыаран баран суоруна тааһы эргитэллэр үһү, уой, этим тарта! Уонна кыыл-сүөл саҥатын истэ олоруохтааҕар. Саха оонньуулара сүллүкүүн таҕыстаҕына саҕаланаллар, саастаах өттө остуол тула олорон биитэр табахтыы олорон оонньуур. Сахаҕа биир арыый кэпсэнэр, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит, таҥха таҥхалаан, түөрэх түһэрэн билгэлэнии туһунан кэпсэтии сэрэбиэйдэнии буолара. Бу эдэр дьону наһаа дьиктитик тардара. Үтүктүөхтэрин баҕараллара. Көстөкүүннээхтэн ойбон даҕаны ырааҕа суох, дьиэтин анныгар баар. Көстөкүүн кимиэхэ даҕаны эппэккэ, ийэлээх аҕата утуйа сыттахтарына орҕостон туран, эһэтин бараан соно көкөҕө ыйанан турарын сыһан-соһон, аанын аһан таһаарда. Эбэ үрдүнээҕи сүөһү уулуур сүллүгэс аанын түһэрэн, сонун соһон ынчыктаһан сыыры таҥнары түстэ. Халлааҥҥа ый туолан, «куттаммакка киир» диэбиттии мэлтэйэн турара. Хайдах эрэ туох барыта улаатан, тииттэр күлүктэнэн тураллара. Муус, мас тыаһа тыһыргыырга дылы буолла. Уол сүрэҕэ айаҕынан букатын уһулу ойон тахсыах айылаах мөҕүстэ. Дьэ, сүөһү тэпсэн чиҥэппит ойбонун кытыытыгар тиийэн, атаҕын ойбон модьоҕотугар ууран, саҕынньаҕын бүрүнэн чохчойон олорон кэбистэ. Туох даа иһиллибэт чуумпута. Кэтэһэн кэнтэллэн олордоҕуна арай туох эрэ хоочургуур тыаһа чугаһаан кэллэ. санаатыгар эбитэ дуу, сонун тардыалаары гыммыттыы сытырҕалыыр тыас иһилиннэ. Тиис тыаһа хабырынарга дылы. Көстөкүүн туох баар тулуурун киллэрэн, бөгдьөллөн олордо. Соммун былдьыа, оччоҕо муостаах сүллүкүүнү утары көрүөм диэн сонун болточчу бобо тутан аҕай олордо. Онтон туох эрэ чуккуратан ааста дуу, баар дуу. «Оо, ол иһин даҕаны ойбонтон тахсыбыт тыас чаккыраата». Эмискэ көхсүн этитэн сүллүкүүн чугаһаата, туох эрэ кэлэн оройго саайда. Соһуччута бэрдиттэн Көстөкүүн «Айаа!» диэбитинэн «бурал» гына түстэ даҕаны, дьиэтин диэки түһүнэн кэбистэ. «һуу, сиппэтэр ханнык, оҕустаҕа күүһүн» дии санаата. Дьиҥэ тулуйуохтааҕа ээ. «Ити баар дии, мөлтөх киһибин, истибэтим» диэн бэйэтин буруйданан киирэн, тыаһа суох токуруйан сытынан кэбистэ. Куттанна, аны сүллүкүүн кэтэһэн туруо диэн. Сарсыарда ким эрэ күлэр саҥатыттан уһуктан кэллэ. Дьоно аһыы олороллор, кини туран кэлбитигэр уоран көрө-көрө, мичээрдии-мичээрдии кэпсэтэ олордулар. Арай эһэтэ оҕонньор Баһылай ойбон аллара киирбитэ барааҥка сон сытар үһү. Бэрт сэнэх сон. «Соһуйдум, сүллүкүүн кэтэн тахсыбыт сонун хаалларбыт диэн». «Аны үөһэ тахсан тоҥон өлөрө буолуо дуу» дэһэн толкуйдаабыттыы тутуннулар. Ол кэннэ ол түгэни умнан кэбиспит курдук тутуннулар. Күө-дьаа күннээҕи түбүгү ырытыстылар. Оннук олордохторуна ыаллара Уйбаан киирэн: «Бөөлүүн сүөкэнэ тахса сылдьан ойбону көрбүтүм туох эрэ муостаах, кутуруктаах эһиги диэки сүүрэн эрэрэ ээ, сүллүкүүн сүүрдэ быһыылаах диэммин түргэн соҕустук киирэн ааммын хатана охсон кэбистим. Иэдээн, ханна дьукаах олоро таҕыста буолла, кэтээн көрөөрүҥ», — диэтэ. Өмүрэх Балаайа өмүрэн ходьох гына түстэ, «кэбиис-кэбис» дии-дии таҥараланан уҥа-хаҥас сапсына охсубута көрөргө киһи күлүөх курдук буолла. «Бу да эмээхсин, бүт эрэ, оҕолору соһутан» диэн буойулунна. Ити курдк сарсыардааҥҥы аһылык ол кэпсээнинэн түмүктэннэ.
Арай Көстөкүүн уол саҥата суох сырытта. Ама кырдьык сүллүкүүн буолуо дуо диэн толкуйга түстэр түһэн истэ. «Бээ, кырдьык табаарыспар кэпсиэм. Дьэ уһуннук даа уһуннук кэтэстим. Тахсыбыт тыаһын иһиттим, ол олордохпуна кэлэн оройго тоҥсуйда. «Быйыл тугу баҕараҕын, онтукаҥ туолуо, табаарыһыҥ кэлбэтин, ыстааныгар хаар симиэм» диэтэ быһыылаах. Көстөкүүн ити былааныттан бэйэтэ астынна. Кини баҕата биллэр — ымсыырар бэлэсипиэдэ. Онтон табаарыһа куттанан өлүөн сөп диэн харыстаата. Уонна таһырдьа мас көтөҕө тахса сылдьан эһээтин бараан соно турарын көрөн эмиэ даҕаны ,,һуу, хата сүппэтэх» диэт мичээрдээтэ. Ол гынан баран кырдьык сүллүкүүн охсубута, ол аата кырдьык кэпсииллэр эбит диэн бүтэһиктээх толкуйунан бигэргэттэ. Аны хаһан даҕаны ойбоҥҥо киириэ суох буолла. Хантан билиэй, ааһан иһэр ыт ииктээн ааспытын уонна ыала оҕонньор Уйбаан дьээбэлээҕинэн аатырар, сэрэйэн киирэн кыра тайах маһынан кэтэххэ охсубутун. Уура сылдьан ол сыллаахха диэн кэпсэтиигэ биир көр эбилиннэҕэ ити, ыаллыыларга. Эн ойбоҥҥо киирэҕин дуу?…
Дьохсоҕон Кыыһа.
“Иччилээх мас” баарын билэҕит дуо?
Саха тыла баай. Ол эрээри, аныгы үйэ ыган, саха тыла күн-түүн өлөр-тиллэр хапсыһыыга сылдьар курдук. Урукку өбүгэлэрбит хас эмэ үйэлэр тухары туттубут тыллара умнуллар, оттон сахалыы саҥа тыллар толкуйдамматтар, айыллыбаттар.
Холобур, билигин ардьаах, сутуруо, оһох хорото, чабычах, симиир, моойторук, саары, этэрбэс, балтарык диэн курдук тыллары туттуоххун баҕарбытыҥ да иһин, ол маллар бэйэлиин мэлийбиттэр. Ол оннугар аныгы сайдыы тыллара: көмпүүтэргэ, электроникаҕа, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах хас эмэ тыһыынчанан саҥа тыл тоҕо тибэн киирэ турар. Ону барытын саха тыла кыайан буһарар, илдьиритэр кыаҕа да суох балаһыанньаланна. Дьон ол саҥа тыл төрдүн-төбөтүн ырыҥалыы барбакка, хайдах баарынан ылан туһанан барар.
Син ол тэҥэ, саха духуобунай өйдөбүллэрэ эмиэ умнулла быһыытыйда. Өбүгэлэрбит этэллэринэн, “оннооҕор от атах уол иччилээх” диэн. Ол эбэтэр, бу орто дойдуга айыллан оҥоһуллубут мал-сал, үүнээйи, киһи-сүөһү барыта иччилээх. Холобур, былыргы сахалар сыһыыга, хонууга ойдом турар, уопсайынан “ханна баҕарар” да диэххэ сөп, уратытык үүммүт, аһара улахан, туох эрэ бэлиэлээх, киһи хараҕар быраҕыллымтыа маһы ытыктыы, сүгүрүйэ көрөллөрө. Бу маска хайаан да дойду (аартык, тоҕой, сыһыы) иччитэ хорҕойон, саһан олорорун курдук саныыллара. Маннык маһы, биллэн турар, аньыырҕаан тыыппаттара, аттыгар кэлэн айдаарбаттара. Эгэ кэлэн, кэрдиэхтэрэ дуо! Оннук ураты мастары былыр ойууннар кэрэххэ туһаналлара (кэрэх мас диэн, судургутук, ханнык эрэ ыарыыттан-сүтүүттэн толук туттаары өлөрбүт ынахтарын-сылгыларын тириитин ыйаабыт мастарын аата. Ол маска ыйаммыт “куочай” диэн уһуктаах мас ол “бэлэх” хайа дойду абааһыларыгар анаммытын чопчу ыйан турар), сорохтор бу маска хайаан да үтүө иччилэр олороллоругар бүк эрэллээх, бэлэх-туһах ыйаан Ытык мас оҥостоллоро, сүгүрүйэллэрэ.
Дьокуускай куорат Лермонтов уулуссатын бүтэр уһугар, “Гимеин” диэн дьикти ааттаах тохтобул таһыгар, Ийэ скверэ баар. Улахан пааматынньыктаах. Баҕар, ким эрэ өйдөөн көрбүтэ буолуо, ол сквер утары, уулусса кытыытыгар хатан хаалбыт соҕотох бэс турар.
Өссө 2011 сыллаахха, уулуссаны саҥардан оҥоро сылдьар дьон бу маска кэтиллэ түспүттэр. Суол оҥоһуутун бүөлээн турар маһы, биллэн турар, кэрдэн ылан быраҕан кэбиһээри гыммыттар. Ол эрээри, туох эрэ имнэнэн, тохтообуттар. Дьиҥинэн, суолу оҥорооччулар диэн оннооҕор буолуоҕу суулларбыт-сууһарбыт, алдьаппыт да, оҥорбут да бойобуой дьон буоллахтара. Сэрэйдэххэ, атын омук дьоно эҥин буолуохтарын сөп. Быһата, бэйэлэрэ кэрдэн кэбиһиэхтэрин илиилэрэ барбатах. Ол иһин саха абааһытын эҥин туһунан туох да өйдөбүлэ суох туора омук дьонун наймыылаһан кэртэрэ сатаабыттар да – анарааҥҥылара эмиэ куттаммыттар. Кырдьыга да, “туох эрэ куһаҕаннаах буолан бэйэлэрэ кэрдибэккэ, биһиэхэ кэртэрэ сатыыллар” диэн уорбалыы санаатахтара. Ол курдук, хас да атын бөлөх дьон харчы да манньаҕа кэрдэртэн кыккыраччы батынан кэбиспиттэр. Ким да туһааннаах кэмин иннинэ өлүөн-сүтүөн, ыарыһах буолуон уо.д.а. баҕарбатах.
Суолу оҥорооччуларга, эбиитин, ким эрэ “былыр манна саха төрдө буолбут Эллэй, Омоҕой эҥин олорбут буолуохтаахтар. Кинилэр Сайсары күөл соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр олорбуттара дииллэрэ” диэн сырдаппыт.
Инньэ гынан, мас туран хаалбыт. Суол кинини тумнан, арыылаан ааспыт.
Дьокуускай куорат олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Е. Слепцова санаатын бу курдук этэр:
– Былыр манна син элбэх бэс үүнэн турбута. Бу бэс кинилэртэн олох ойдом, кытыыга турара. Олохтоохтор маска кэлэн сороҕор салама ыйыыллара. Онтон сэбиэскэй былаас саҕана, араас өҥнөөх саламаны ыйыыр туһунан дьон умнубута. Ол эрээри, бу маска дьон син биир уратытык, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара. Холобур, мин бэйэм бу кырдьаҕас маска чугаһыахпын куттанабын, оҕолорбор, сиэннэрбэр даҕаны инньэ диэн сүбэлиибин.
* * *
Уопсайынан ыллахха, Дьокуускай кырдьаҕас да олохтоохторо чуолаан бу мас туһунан ханнык да былыргы номоҕу, ураты сэһэни билбэттэр. Бу маска ким да туох эрэ дьикти бэлиэни көрбүтэ дуу, бу мас кимиэхэ эрэ үчүгэйи-куһаҕаны оҥорбута дуу диэни киһи истибэт. Хаппыт мас турар да турар. Аныгы сахалар “ити мас турдаҕына турар буоллаҕа, суулуннаҕына да сир-халлаан сиҥнэн түһ Лена Кол, [18 июн. 2024 в 11:10]
эрэ биллибэт” диэн бөлөһүөктүү саныыр буолуохтаахтар.
Ол эрээри, кэлин бу маһы суолу оҥорооччулар тумнан ааспыттарын, кэлин, эбиитин күрүөлээбиттэрин кэннэ дьэ дьон болҕомтото хатаммыт буолуон сөп. Онуоха эбии бу эргин кимнээх эрэ маһы “абааһылаах үһү”, “ити маска чугаһаатыҥ да ыалдьар үһүгүн”, “оннооҕор суолу оҥорооччулар куттанан тумнан ааспыттара” эҥин диэн сүрдээх-кэптээх сурахтары тарҕаппыттара.
Онон, быһата, суолу оҥорооччулар тумнубуттарын эрэ кэннэ бу мас “урукку боростуой олоҕо” уларыйан, мааныга-далбарга, ытыктабылга, сүгүрүйүүгэ тиксибит курдук. Бу мас, өскөтүн этэллэрин курдук абааһылаах да эбит буоллаҕына, ону ханнык да учуонай анаан үөрэтэ, бигэргэтэ илик.
Быйыл бэс ыйын 5 күнүгэр Сайсары күөл үрдүгэр турар маска “Харысхал бэлиэтэ” диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Бу тэрээһини “Русский Север” диэн пуонда бэрэсидьиэнэ Юрий Григорьев тэрийбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, “Русский Север” диэн нуучча дьонун түмэр уопсастыба. Атыннык эттэххэ, биһиги, сахалар, маспытын, “саха омугун духуобунаһыгар суолталаах” диэн нуучча дьоно көмүскэһэ сылдьаллар. Кинилэр бу ураты маска болҕомтону туһаайар наадатын, кырдьаҕас мас норуот устуоруйатыгар улахан оруоллааҕын туһунан этэллэр уонна анал ааты иҥэриини туруорсаллар. Юрий Григорьев, “бу маска “мас пааматынньык” аата иҥэриллэрин биһиги салгыы туруорсуохпут” диир.
Бу маһы көмүскэһиигэ иилээччи-саҕалааччы быһыытынан сылдьар Андрей И., Арассыыйаҕа барытыгар биллэр чинчийээччи, санаатын бу курдук кэпсиир:
– Бу устуоруйаҕа суолталаах мас туһунан хас биирдии киһи билиэхтээҕин учуоттаан туран, биһиги түмсүүбүт, хаһыат, тэлэбиидэнньэ, араадьыйа үлэһиттэригэр мунньан, субуотунньук тэрийбиппит. Маннык улахан суолталаах мас баарын туһунан олохтоохтор билбэттэр. Дьиҥэр, хас биирдии киһи бэйэтин олорор дойдутун устуоруйатын эндэппэккэ билиэхтээх этэ буоллаҕа. Ол эрээри, хомойуох иһин, бу тэрээһиммитигэр олус аҕыйах киһи кытынна. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр араас омук дьоно бөҕө кэлэн бараллар. Саҥа куоракка кэлбит киһи, үгэс курдук, “бу куораккытыгар туох ураты, бэлиэ сирдээххитий?” диэн ыйытар. Онно мин түмэллэри, пааматынньыктары көрдөрөн баран, кырдьаҕас ойуун маһа баарын туһунан эттэхпинэ, киһи барыта өрө көрө, сонургуу түһэр. “Айабыын, оннук баар эбит дуу!” – диэн буолар.
Бу маһы судургутук “ити туох да иччитэ суох мас” диэн баран сапсыйан кэбиһэр чэпчэки. Бу мас баар, турар уонна салгыы да туруоҕа. Кырдьык, ыраах сиртэн кэлбит ыалдьыттарга олохтоох норуот устуоруйата, бэлиэ миэстэлэрэ болҕомтону тардар бөҕө буоллахтара. Өссө бу маһы туох да сиэрэ-туома суох кэрдэн ылаары гыммыттара. Оннук табыллыбат буоллаҕа дии?! Норуот устуоруйата симэлийэн сүтүө суохтаах, ол туһугар нуучча-саха диэн арахсыбакка бары бииргэ үлэлэһиэхтээхпит.
Бу мас пааматынньыгы көмүскүү сылдьар дьону кытта кэпсэтэн баран, саха итэҕэлигэр сыһыаннаах, куорат устуоруйатын үчүгэйдик билэр дьоҥҥо төлөпүөннээн кэпсэтэ сатаатым. Ону баара, биир да киһи болҕомтотун уурбата. “Ханнык маһы этэҕиний? Оннук мас баар дуо?” – диэн төттөрү бэйэбиттэн ыйыталаһаллар. Сорохтор “ээ, ол маһы этэҕин дуо?” диэн аахайбатахтыы этэн баран бу кэпсэтиибитигэр интэриэстэрэ тута уостар. Быһата, билбэт мастара эбит.
Дьэ, Дьокуускай куорат кытыытыгар турар биир Ытык Мас туһунан устуоруйабыт итинэн бүтэр. Кырдьык, бу мас урукку өттүгэр атын кэккэлэһэ мастартан туох да ураты айдарыыта, аба-хомуһуна суох да эбит буоллаҕына… Билигин кини – дьиҥнээх Ытык Мас. Ону кини аттыгар силигилээн турбут хара тыа барыта кэрдиллибитин кэннэ собус-соҕотоҕун ордон хаалбытынан, суолу оҥорооччулар сүгэлэриттэн-эрбиилэриттэн бэйэтин ис кыаҕынан, Үрдүкү Айыылар көмөлөрүнэн төлө көппүтүнэн, оннооҕор буолуоҕу солообут суол тиэхиньикэтэ барыта кинини тумнан, суолу өҕүлүннэрэн туран арыылаабытынан, эбиитин, кинини бэлиэтии көрөн ханнык эрэ үтүө дьон күрүөлээбиттэринэн, пааматынньык оҥорбуттарынан. Маннык чиэскэ мас эрэ барыта тиксибэт.
Улуу, иччилээх мастары эрэ маннык ураты дьылҕа күүтэр.
Онон, сылдьыҥ, сүгүрүйүҥ, ытыктааҥ!
Екатерина АФАНАСЬЕВА.
Сир, дойду бары иччилээхтэр, ону билэбит, сахалар айылҕалыын ыкса сибээстээхпит, онон ытыгылыах, сиэри-туому тутуһуох тустаахпыт.