Ыһыах
Үгүс үйэлэри уҥуордаан кэлбит саха норуотун төрүт үгэһэ — Ыһыах айылҕа уһуктуутун, самаан сайыны уруйдуур, саха дьонун-сэргэтин түмэр, кэскили түстүүр Ытык бэлиэ күн. Үрүҥ Тунах ыһыах тойукка туойуллар, хоһооҥҥо холбонор, ырыаҕа ылланар.
ЫҺЫАХХА ЫҤЫРЫЫ
Сибэккинэн симээммит,
Сэлэ чэчир астыбыт,
Үрүҥ астаах сири иһит
Түһүлгэтин тартыбыт.
Саамал кымыс ыһыаҕар
“Сайдыы” колхоз ыҥырар.
Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,
Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!
Оонньуулаахтыын оонньоһор
Уолан дьоннор үгүстэр,
Кыраһыабай оҕолор,
Кыргыттар да дэлэйдэр.
Көрдөөх эдэр киһиэхэ
Көр-нар биһиэхэ.
Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,
Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!
Олоҥхоһут оҕонньор
Олбох булан олорор
Сэлэһэргэ бэлэмнэр
Сэргэх сээркээн сэһэннэр.
Сайдам-дьэллэм киһиэхэ
Солун элбэх биһиэхэ.
Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,
Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!
Кытыт сылгы кымыһа
Кырылаччы кутуллар.
Субай,харта сокууска
Сойон, тупсан тураллар.
Аҕам аһас киһиэхэ
Ас-үөл дэлэй биһиэхэ.
Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,
Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!
Асчыт талыы кыргыттар
Айах тутан күүтэллэр.
Тустуук, быһый уолаттар
Доҕоттору кэтииллэр.
Уйгу-быйаҥ ыһыаҕар
Улуу колхоз ыҥырар.
Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар,
Көрдөһөбүт, ыалдьыттааҥ!
Данилов, Семен Петрович. Айымньылар / Семен Данилов.- Дьокуускай : Бичик,2013.- (Саха народнай суруйааччылара). – С.60
ЫҺЫАХ
Өртөн ыла бэлэмнэнэн,
Үөрүү-көтүү аргыстанан,
Ыһыах буолар күнэ үүнэн,
Ыаллар бүгүн эрдэ туран,
Сарсыардаттан үгэс курдук
Саҕаланна ырыа-тойук.
X о с ы р ы а т а :
Ыһыах, ыһыах,
Үрүҥ тунал ыһыах!
Долгулдьуйар түһүлгэттэн,
Чорооннордоох сэргэлэртэн,
Күнү көрсө, эҕэрдэлии
Көтөн иһэр курдуктар
Кынаттара тэлибирии
Кылбаҥнаһар холууптар.
Хос ырыата.
Эдэр ыччат киэҥ да киэҥ
Ийэ сирбит туһунан,
«Үүнэ, үрдүү турдун», — диэн
Өрөгөйдөөх ырыанан
Сүрэхпитин үөртүлэр,
Сүргэбитин күүртүлэр.
Хос ырыата.
Ону истэн тураммын
Санаан кэллим барытын:
Сэрии аны буолбатын,
Сэриигэ баҕарбаппын.
Үлэ, эйэ ыһыаҕа
Өрөгөйдүү туруоҕа.
Xос ырыата.
Таптал нарын чараҥын
Таарыйбатын хаар хаһыҥ,
Тунал ыһыах түһүлгэтин
Тумнубатын ырыа-тойук,
Айар талаан эгэлгэтин
Арчыластын алгыс курдук!
Варламова А.Н. Мин дьолум- ылланар ырыабар / хомуйан оҥордо уонна киирии тылы суруйда К.Д.Уткин – Нүһүлгэн. – Дьокуускай : Сахаполиграфиздат,1998. – С.35
ТҮҺҮЛГЭ
Күүрээннэх күүстээхтэр көрсүһэн,
Төлөннөөх түөстээхтэр түмсүһэн,
Күөн көрсүү көхтөрүн күүһүрдэн,
Түөрэҕин түһэриэ түһүлгэм.
Буулаҕа модьулар мустаннар,
Дуулаҕа ньургуннар тустаннар,
Ытыстан ыгатык ылсыһыы,
Харыттан хабырдык хапсыһыы..
Манна баар баабыр да баппаҕай,
Халты да харбатар хапсаҕай,
Сүүһүнэн сүрэҕи сөхтөрбүт
Бүгүҥҥү Мүлдьү да бөҕөспүт.
Баар бары маастары баһыйбыт,
Тыаһа суох тыкаара дыгыйбыт,
Кытылбар кыырайа кылыйбыт,
Быыппастар быччыҥнаах быһыйбыт.
Күргүөмнээх күүс-күдэх көрсүһэн,
Эдэрдэр иэмэхтии эриһэн,
Түөрэҕин түһэрбит түһүлгэм –
Бигэтик билсибит биир кэргэн!
Кузьмин Макар Иванович – Макар Хара / Талыллыбыт айымньылар : кэпсээннэр, хоһооннор, поэмалар, ахтыылар, ыстатыйалар / Макар Хара ( хомуйан лҥордо Е.Г.Винокуров, ред. сэбиэт : А.М.Иевлева, Р.Н. Корнилова, З.М. Кузьмина, В.К.Марщинцев). – Дьокуускай : Сайдам, 2016. – С.300
ЫҺЫАХ
Күндээрэр күөх халлаан
Күнүн уота чаҕылыйда.
Орто туруу бараан дойду
Унаар түптэтэ күөдьүйдэ,
Күн сирин дьоно
Күөх от дэйбиирдэннэ,
Үүнэр үтүө норуот
Үкэр күөх үктэллэннэ.
Туой буорбут
Торҕо күөх отугар
Туҥуйбут уоһахтанна,
Аан Ийэ дойдубут
Ача күөх отугар
Аҕаммыт этэттэннэ.
Сиэр биэбит үүтэ
Симэхтээх сири иһиккэ
Сирилэччи сүүрдэ,
Көҕөччөр биэбит үүтэ
Көҕүөр айахха
Күрүлэччи көөйнө.
Кэрдиис дьэрэкээн ойуулаах
Кэриэн ымыйа кэккэлээтэ,
Чопчу көмүс ойуулаах,
Чороон айах чуоҕуйда,
Мандаар матаар ойуулаах
Матааччах иһит бааралаата.
Таҥалайдаах талахтаах
Далбар чабычах ханыылаата.
Күндээрэр киэҥ халлаан
Күлүмнээбитин туһугар
Күрэҥ буор кырыс
Көҕөрбүтүн аатыгар
Уйгулаах түһүлгэ олохтонно,
Эҕэрдэлээх ыһыах ыһылынна.
Дьоллоох сааспыт тухары
Дьоһуннаһан-маанылаһан үөскээбит
Дьон-сэргэ тоҕуоруйан
Чороон иһиппитин көтөҕүөҕүҥ эрэ,
Күөх буорбут үрдүгэр
Күндүлэһэн-маанылаһан үөскээбит
Күн айыы дьоно көрсүһэн
Көйүү кымыстан көҕүрэтиэҕиҥ эрэ!
Эдэр ыччат мустан
Эһиэкэйдээн эйээрдин,
Оҕо-уруу мустан
Оһуокайдаан чугдаардын,
Сыыдам-быһый атахтаах
Сырсан сылыбырайдын,
Хатан иҥиир быччыҥнаах
Халбарыйан халарыктаатын.
Туойар –ыллыыр идэлээх
Томторҕолоох күөмэйин
Доллоҥното олордун,
Күөрэтэр-дьиэгэтэр куоластаах
Көҥдөй көмүс күөмэйин
Көҥкөҥнөтө оонньоотун!
Уйгулаах ыһыахпыт
Уруйа улааттын,
Айхаллаах оонньуубут
Алгыһа дуорайдын!
Тунах ыһыаҕы ыспыт
Томтор сирбит
Торҕо күөх туораахтаннын,
Кырдал сирбит
Кырааскалаах оттоннун,
Силээн үрэхпит
Сибэккилээх симэхтэннин,
Киҥкир тайҕабыт
Киистэлээх нуоҕайданнын!
Кэлэр да өттүгэр
Кэриэн ымыйа
Кэккэлии турдун,
Аныгы да өттүгэр
Арыы чэчир
Анньылла турдун,
Унаар түптэ
Уруйдуу турдун,
Ыаллаах сайылык
Ырыата дьиэрэйдин!
1945 с.
Васильев, Сергей Степанович. Талыллыбыт айымньылар / Сергей Васильевич Борогонскай ; [редкол : Е.И. Михайлова уо.д.а]. — Дьокуускай : Бичик, 2005. – С.91-93
АТ СҮҮРДҮҮТЭ
Алар–чараҥ алааска
Аҕыластай куйааска
Халыҥ норуот мустубут,
Хара тыалыы хойдубут,
Үөрүү-көтүү күүркэйэр,
Үөгү-хаһыы ньиргийэр.
Кытаат! Кытаат! Эбэн биэр!
Кытаат! Кытаат! Түһэн биэр!
Көнтөс өтүү кэриэтэ
Көтөр тыаллыын субулла,
Көҕүллэрэ-сиэллэрэ
Көҥүлүнэн ытылла
Улаан аттар сүүрэллэр,
Ууна-ууна түһэллэр.
Кытаат! Кытаат! Эбэн биэр!
Кытаат! Кытаат! Түһэн биэр!
Күөрэйбэхтиир күөннэрэ
Күөрэҥнэһэ дайаллар,
Туоһахталаах сүүстэрэ
Туналыһа оонньууллар,
Тартайаахтыыр таныылар
Тардырҕаһа тыаһыыллар.
Кытаат! Кытаат! Түһэн биэр!
Кытаат! Кытаат! Эбэн биэр!
Улар хара эбиллэн
Улаанчыкка чугаһыыр,
Саһыл кугас кэнниттэн
Саарын саппай уобалыыр..
Тахсар биэтэк, бу кэллэ,
Тардыалаһыы дьэ буолла!
Кытаат! Өссө эбэн биэр!
Кытаат! Өссө түһэн биэр!
Тобуруокап П. Эрэдэһиннэр : хоһооннор, ырыалар, поэмалар. / В.Н. Игнатьев уруһуйа. – Якутскай : Кинигэ изд-вота,1987. – С.214
ЧОРООҤҤО
Санаа кэрэҕэ дьулуурун
Тула ойуулаан кэрдиистээн,
Эйигин, күндү чороонум,
Кэриэс хаалларбыт Айыы-Сээн.
Хара батталтан куотаары
Хаардаах остоолбо үрдүнэн,
Батыйа ааспыт күннэрэ
Кымыскар көстөр, чороонум.
Күндү чороонум, былыр эн
Эллэй саҕаттан бу сиргэ,
Саха уһуурун иннигэр
Түһүлгэ киэргэлэ буолтуҥ эн.
Поэт баҕатын билэҕин –
Кини көҥүлгэ дьулуурун,
Төрөөн ааспыт Ийэ сирин,
Күндү чороонум, эн курдук
Кэрэ ойуунан кэпсиэҕин.
Эйигин айбыт дьонноруҥ
Ытык ааттарын кэриэстээн,
Охсуһан ылбыт дьоллорун
Бүгүн ыһыахха сэһэргээн,
Толор кымыскын, чороонум.
Тулааһынап, П. Кымыс ырыата. Ырыалар, хоһооннор, поэмалар / П.Тулааһынап. –Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1969. – С. 246
ЫҺЫАХХА
Киэҥ халлаан таҥалай былытын
Таҥаспар оһуордуу анньыаҕым,
Күлүмнэс дьэргэлгэн өрөммүн,
Барчалаах байбара тиктиэҕим.
Уу ньуурун күндэлин сүһэммин,
Бастыҥа, ытарҕа кэтиэҕим,
Эгэлгэ сибэкки хонуулаах
Сиэдэрэй сөрүөлээх буолуоҕум.
Күн көмүс утаҕын сыыйаммын,
Хатыҥҥа салама баайыаҕым.
Мандардаах мас чороон көтөҕөн,
Алгыстыы көрсүөҕүм бар дьоммун.
Күөх сайын кэлбитин уруйдаан,
Кыынньыбыт кымыһы иһиэҕим,
Айыыһыт тардыылаах ыһыахха
Дьол-соргу тосхолун тутуоҕум.
Куорсуннаах. Орто дойду саҥа ырыата : хоһооннор / Куорсуннаах. – Дьокуускай,2014. – С.11
ХОМУС
Истэбин мин саха хомуһун
Иэйэр, дьүрүһүтэр дорҕоонугар
Туох эрэ эҥсилгэннээх ап-хомуһун,
Таайыллыбат таабырын баар курдугун.
Арыт намырыы, арыт дьиэрэһийэ,
Айманытар мин сүрэхпин.
Баҕарабын сүһүөхтүүн сүгүрүйэ,
Бар дьоммор манныгы этиэхпин:
«Хомус — саха олоҕун кэрэһитэ,
Хомолтотун, үөрүүтүн этээччитэ.
Дорҕоонноохтук хайа эрэ сахтарга
Доллоһуйара киэҥ куйаарга…»
Хомус этигэн, иччилээх тылынан
Хоһуйаллара кими таптыылларын,
Сөбүлээбит сүрэҕи, бэл абынан,
Сүгүрүтэн, иннин ылаллара.
Эбэтэр имэҥнээх алгыһынан
Эрэйдээх эрэйин куччаталлара.
Хомус намылытар дьүрүлгэнин
Хоҥкуйа, сүрэхпэр сөҥөрдөбүн.
Ааспыт кэм саһыарбыт кистэлэҥин
Арыйан көрбүккэ холонобун.
Истэбин мин саха хомуһун
Иэйэр, дьүрүһүтэр дорҕоонугар
Туох эрэ эҥсилгэннээх ап-хомуһун
Таайыллыбат таабырын баар курдугун.
Иван Егорович Федосеев- Доосо. Алааһым арылы кустуга: хоһооннор, поэма, ырыалар / Иван Федосеев – Доосо; [хомуйан оҥордо С.Н.Федосеева]. – Дьокуускай : Алаас, 2017. – С.63
ЫһЫАХХА ЫҤЫРЫЫ
Айгыр баҕах анньыллар,
Тоҕой сэлэ тардыллар
Улуу тунах ыһыаҕар
Уруй-туску буолуохтун!
Суугун күөҕэ пааркаҕа
Күрүөх дьоно тоҕуоруй!
Алар хатыҥ ыллыгар
Аар салама намылый!
Олоҥхобут оонньуута
Соргу курдук олордун,
Дьоҕур, талаан тардыыта
Саргы суолун тобуллун.
Түһүлгэбит тойуга
Күнү супту чоргуйдун,
Түһүмэлин олуга
Саха дьолун хоһуйдун.
Оһуокайбыт үҥкүүтэ
Үрүҥ түүнү саататтын,
Сөҕүрээбэт көтүүтэ
Сүргэбитин ыллаттын.
Сүүрүк сылгы күрэҕэ
Сүрү-куту суудуйдун,
Саха өйө-сүрэҕэ
Өлбөт аакка көҕүйдүн.
Васильева К.Д. Көмүс кытах : [Хоһооннор,сонеттар,поэммалар] /Клара Васильева. – Дьокуускай : Бичик, 2003. – С.16
ЫҺЫАХ КҮН
Уһуктар саһарҕа ыһыах күн
Ураты уйаҕас уоттанна,
Сайыҥҥы айылҕа барахсан
Сахалыы тойугу аҕынна.
Киэҥ алаас оһуокай талыыта
Оонньуоҕуҥ олус да баҕарда,
Ол аайы кэрии тыа таһаата
Кэрэхсээн күөгэйэ нусхайда.
Күүтүүлээх күөх сайын бу бүгүн
Үчүгэй да күнү тосхойдо,
Үс саха өрөгөй үөрүүтүн
Үллэстэн үөһэнэн томтойдо.
Аар баҕах үс тойон сэргэтин
Күн уола бэйэтэ чочуйда,
Түһүлгэ чороонноох алгыһын
Айыы Куо кэрэтэ хоһуйда.
Улуу тунах ыһыах күн,
Айыы курдук ыраас буол,
Үөрүү–көтүү аргыстан!
Уйгу-быйаҥ ыһыах күн
Бүлүү курдук холку буол,
Туску тутан, ыллаа-туой!
Васильева К.Д. Көмүс кытах : [Хоһооннор,сонеттар,поэммалар] /Клара Васильева. – Дьокуускай : Бичик, 2003. – С.17
СИЭР-ТУОМ АЛГЫҺА
Силигирэс солко тэлим
Сэбирдэхтэр сипсистилэр.
Тэлибирэс оһуор симэх
Сибэккилэр сиэттистилэр.
Күммүт сирин көнньүөс сирэм
Торҕо күөҕэ тырым алла!
Үрдүк халлаан айыы сарыал
Күндүл күнэ күллэ-салла!
Айыы далбар Айылҕаны
Айхаллыаҕыҥ, айах тутан,
Уйгу-быйаҥ сайыммытын
Уруйдуоҕуҥ, ыһыах ыһыан.
Уруй-туску! Уһун тускул!
Айыы суола арылыннын!
Күөгэл-мичил! Нарын-наскыл!
Ыһыах күнэ соргуланнын!
Васильева К.Д. Көмүс кытах : [Хоһооннор,сонеттар,поэммалар] /Клара Васильева. – Дьокуускай : Бичик, 2003. – С.17-18
ЧОРООН ТУТАН
Сахам сайдам ыччаттара,
Саҥа үүнэр үйэҕэ
Өбүгэбит үгэстэрин
Үөрэ-көтө салгыаҕыҥ.
Кытыт биэбит үүттэринэн
Кыынньар кымыс көөнньөрөн,
Үрүҥ тунах ыһыаыхтарын
Өрөгөйдүү ыһыаҕыҥ!
Айылҕабыт иччилэрин
Айах тутан алгыаҕыҥ,
Үрдүк үөһэ айыылары
Үҥэ-сүктэ ахтыаҕыҥ!
Ыһыах дьонун, ыалдьыттары,
Ытык–мааны бар дьону
Кымыһынан күндүлүөҕүҥ,
Чороон тутан көрсүөҕүҥ!
Петров Василий Егорович-Айыл. Үтүөкэн бу орто дойдуга : хоһооннор,тылбаастар, анабыллар / В.Е. Петров-Айыл ; [хомуйан оҥордо М.Н.Петрова].- Дьоккускай : Бичик, 2013. – 240 с.
ЫҺЫАХ
Санаам бүгүн халааннаата,
Халыһыйда, таһымнаата,
Күмүс утах лыҥкынаата,
Ырыам тыла ымыылаата.
Улуу тунах, Ытык ыһыах –
Саха ааттаах, Саҥа дьыллаах,
Күнү көрсөн ыраастаныах,
Көмүөлүнэн арчыланыах!
Ырыа — тойук аргыстаныах,
Алгыһынан арыаллатыах,
Кымыс иһэн уруйдаһыах,
Имэҥирэн оһуохайдыах.
Түһүлгэбит толбоннурар,
Дьүкээбиллии суһумурар –
Дьахтар аймах, барахсаттар,
Симэх буолан тыллыбыттар.
Ньургуһуннар, сардааналар…
Көмүс сарпа сардаҥалар,
Бары талыы-кэрэ куолар,
Дьоһуннаахай далбардар.
Күрэхтэһиигэ быһыйдар,
Сүүрэр-көтөр кырбыйдар,
Дуолан-дохсун бухатыырдар –
Албан аакка дьулуурдаахтар.
Туспа түмсүү, бүтэй үөрүү –
Дьөһөгөйгө сүгүрүйүү,
Аты сүүрдүү, өрө күүрүү,
Талан уксуу, ыраас сүүйсүү.
Силир симэх чараҥнарбар,
Үрэх үөттээх хаастарыгар
Талбаарыйар тапталлаахтар
Үрүҥ түүҥҥэ сууланаллар.
Ыһыах ыһан, саха, сынньан,
Дуоһуй Эллэй олоҕунан,
Сарсын тахсыаҥ тоҕо анньан
Оттуу-мастыы хонноҕуран.
Саха туспа айылгылаах,
Өбүгэттэн ытык суоллаах,
Мэҥэ тааска суруктардаах,
Аал Луук Мас араҥаччылаах.
Төрдүс үйэ тулааһыннаах,
Нууччалардыын алтыһыылаах,
Араас омук аймахтаах
Дьылҕа түһэ алгыстаах.
Саха былаас тутуллаах,
Үрүҥ күннээх былаахтаах,
Айар-тутар барҕа суоллаах,
Саха сирэ сарсыҥҥылаах.
Саха ааттаах, ыһыах ыһыах,
Үгүс омук ыалдьыттаныах,
Кымыһынан маанылаһыах,
Уруурҕаһан уруйдаһыах.
Иэйиим бүгүн кынаттаата,
Ырыа тылбын куорсуннаата,
Айылҕабыт далбардаата,
Кустугунан арчылаата.
Филиппов А.Е. Саха сиэринэн / Аркадий Филитппов. – Дьокуускай : Бичик, 2006.- С.63
УЙГУ САЙЫН КЭЛИИТЭ
Ойор күммүт илинтэн
Иилии кууһан көтүүтэ,
Айгыр – силик күөх унаар
Имэ кэйэн кэлиитэ
Үрдүк мэҥэ халлаантан
Айыы тыына сатыылаан
Үрүҥ тунах ыһыаҕы
Алгыс тыллаах арыйда!
Орто дойду түһэҕэр
Самаан сайын эргийдэ,
Өбүгэбит үгэһин
Итэҕэлэ күүһүрдэ:
Үөһэ Айыы аартыгар
Маҥан дьалбыыр ыйанна,
Тойон ураа түөлбэҕэ
Торҕо буруо унаарда,
Оһуор-ойуу олбоҕор
Аҕыс Айыы түмүстэ,
Аар Баҕах Сэргэ тула
Тоҕус Айыы тоҕуоруста!
Кыынньар кымыс утахтаах
Уйгу-быйаҥ чороону
Көтөхтүлэр уруйдаан,
Алгыс баһын сыалааннар
Силик ситтэ айхаллаан!
Ийэ тыллаах олоҥхо
Онолуйан олордо,
Ойор-тэбэр оһуохай
Сэгэлдьийэ долгуйда,
Илгэ-имэҥ түстэннэ,
Ала-чахчы күүстэннэ,
Үөрүү-көтүү билиннэ,
Ийэ сирбит тилиннэ!
Корякина-Хотууна, Римма Иннокентьевна. Ийэ тылым сүмэтэ / Хоһоон хомуурунньуга / Римма Корякина – Хотууна. – Дьокуускай : ООО «Дани –Алмас»,2019. – С.29
ОЛОҤХОҺУТ БАРАХСАН
Олоҥхоһут барахсан
Турукка киирэн олорон
Иэйэ-куойа сэһэргээн,
Саха хоһуйар тыла
Муҥурун биллэрбэт
Байҕал тэҥэ дэлэйин,
Дьүһүйүү күүһэ сөҕүмэрин
Илэ-чахчы итэҕэтэн,
Үйэлэри уҥуордатан,
Уостан-уоска тириэрдэн
Киһи –аймах сайдыытыгар,
Сурук-бичик айыллыытыгар
Аҕалбыта сүдүтүн!
Олоҥхоһут барахсан
Кылыһахтаан ырыанан
Дьиэрэһитэ тойуктаан,
Хомоҕой тыл күүһүнэн
Ыраас ыра санааларын,
Саас-сааһынан ыпсаран,
Уотаах таптал имэҥин
Сүрэхтэргэ иҥэрэн,
Олорор олох умсулҕанын,
Ыччат дьоҥҥо өйдөтөн,
Сир ийэ кэрэтин
Киһи аймахха итэҕэтэн
Үйэтиппит олоҥхотун!
Олоҥхоһут барахсан
Оллоонноон олорон
Омукпут уратытын
Оһуор тыл сүмэтинэн
Олбу-солбу хоһуйан,
Оҕуруолуу тиһэн,
Омун-төлөн аргыстаах
Омоллоон олоҕун
Олус бэркэ ойуулаан
Оһуохай оонньуулаан
Дьоллоох дьылҕаны
Түстээн кээспитэ
Кэскилэ сөхтөрөр!
Мария Герасимова — Cэҥээрэ. Хатылы / хомуйан оҥордо М.П. Иустинова. – Дьокуускай : Көмүөл,2019.- С.90
ЫҺЫАХ
Кымыстаах чороону көтөҕүөх
Кытыастар күн диэки уунаммыт,
Кыым саҕа үөрүүнү үрдэтэн
Кыттыахха ыһыахха, оонньуохха.
Аргыстаах тыллары этиэхпит
Айыыһыт алгыһын анааммыт,
Аал уоппут иччитин алҕааммыт
Ас киэнин бастыҥын бэрсиэхпит.
Күн дьонун күйгүөрэ улаатта
Күөх хонуум былаһын тухары,
Күөмэйдээх бастыҥа кэккэлээн
Кылыһах куоласпыт дьиэрэйдэ.
Кыталык кэриэтэ кыҥнайан
Көрүөхтэн кэрэтик хамсанан,
Кэрэчээн кыргыттар үҥкүүлээн
Күн дьонун үөрүүтүн үксэттэ.
Оһуохай дьиэрэйэр чугдааран
Оһуордаан көрдөрдө тулабын,
Олустук ыпсаран саҥаран
Ойуолуур тэтиммин эбэбин.
Дьөһөгөй сүүрүүтүн көрүөхпүт,
Дьоһуннук туттаммыт сэргиэхпит.
Дьэргэйбит сүүрүкпүт бастыаҕа
Дьэргэстэй ыһыаҕын түмүктээн.
Алексеев, Иннокентий Илларионович. Көт күөрэй үрдүккэ : [хоһооннор] Иннокентий Алексеев. – Дьокуускай : Офсет, 2020. – С.39
ЫҺЫАХ
Тымныы кыһын хаара ууллан,
Саҥа кэми көрсүһэбит.
Торҕо сэлэ чэчир анньан,
Түһүлгэни төрүттүүбүт.
Сыллаах күүһү иҥэринэн,
Күнтэн алгыс түһэрэбит.
Сайыммытын көрсүһүүгэ
Саамал кымыс көөнньөрөбүт.
Олох салгыыр ыччаттарга
Үгэс түмэн көрдөрөбүт.
Саламанан далаһалаан
Айыылары ыҥырабыт.
Кэҥсик сыты тарҕатаммыт
Үрүҥ Аары манньытабыт.
Арыы аллар саламааттаан
Алахчыны күндүлүүбүт.
Кымыс үрдүн охтороммут
Сайыммытын уруйдуубут.
Төрүт үҥкүү үйэтитэн
Оһуокайы олохтуубут.
Эдэрдэри уһуйаары
Ииһи-ууһу тэнитэбит.
Ыччаттары тургутаары
Күрэстэри тэрийэбит.
Сылы быһа ахтыллары
Оонньуулары тэрийэбит.
Барашкова, Анна Дмитриевна. Санаа ситимэ : [хоһооннор]Айылҕаана ; [киирии тылы суруйда М.Н.Кузьмина, эппиэттиир эрэдээктэр А.Н Кузьмина]/ — Дьокуускай : Дани-Алмас,2023. – С.84