Бэс ыйыгар хомуллар эмтээх үүнээйилэр
Уһун кыһын кэнниттэн, бэс ыйын саҥатыгар от-мас хамсыы-хамсыы тахсар, хонуулар, алаастар дьэрэкээн сибэккинэн киэргэнэллэр. Бу кэмҥэ от-мас сир, күн күүһүн иҥэринэн, кыһыны быһа мунньуммут эниэргийэтин төлө биэрэн, муҥутуур күүстээх, туһалаах буолар.
Маннык кэми мүччү туппакка, саҥа тыллыбыт үүнээйини сибиэһэйдии сиэн, хаһаанан хаалыахха наада. Тыллыы кэмэ бэрт кылгас. Ону тэҥэ, биһиги айылҕабытыгар сиэниллэр от-мас баарын, этэргэ дылы, тэпсэ да сылдьан, билбэппит.
Ньээм-ньээм (одуванчик)
Ньээм-ньээм сэбирдэҕин, сибэккитин суолтан тэйиччи сиртэн хомуйуллар. Сэбирдэҕэ аһыы соҕус амтаннаах, үөс таһаарарга, быарга олус туһалаах, элбэх битэмииннээх үүнээйи. Амтана рукколаҕа маарынныыр. Ордук үөстэрэ ыалдьар дьон сииллэрэ булгуччулаах.
Ньээм-ньээм сэбирдэхтэрин туустаах ууга уган, 1-2 чаас устата сытыарыллар. Бу аһыы амтанын суох гынар. Онтон кырбаммыт оҕурсуну, салааты (эбэтэр, хаппыыстаны), күөх луугу, укробу, редискэни, моонньоҕон сэбирдэҕин кытта булкуйан, сүөгэйдээн, туустаан баран, салаат оҥороҕут.
Ньээм барыанньата
Ньээм-ньээм сибэккитэ – 400 устуука;
Уу – 1 л;
Саахар – 1 киилэ;
Лимоннай кислота – 1 ч.нь.
Сибэккилэри сарсыарда өттүгэр хомуйаҕыт. Сорохтор аһыы диэн сибэкки төрдүн быһан кэбиһэллэр. Сууйан баран, эмээллээх, эбэтэр дьэбиннирбэт ыстаал көстүрүүлэҕэ буһараҕыт. Ууну кутан баран, 10 мүнүүтэ оргутуллар.
Лимоннай кислотаны кутан баран, мөлтөх уокка өссө 25 мүнүүтэ оргутуллар. Уотун арааран баран, сиидэлиигит. Сибэккилэрин быраҕаҕыт.
Саахар кутан баран, мөлтөх уокка булкуйа-булкуйа 40-50 мүнүүтэ буһараҕыт. Өстүөкүлэ бааҥкаларга кутаттаан, сойутан баран, халадыынньыкка харайаҕыт. Кыһын мүөт курдук чэйгэ кутан уонна 2-3 ост.нь. сиир туһалаах.
Бу курдук тиит, бэс саҥа үүнэн эрэр күөх туораахтарыттан барыанньаны эмиэ оҥоруохха сөп. Сөтөлгө, бронхикка туһалаахтар.
Кииһилэ барыанньата
Бу судургутук оҥоһуллар, олус минньигэс барыанньа. Үгүс дьон амсайан баран, соһуйар, итэҕэйбэт.
Кииһилэ – 400 г;
Саахар – 200 г;
Уу – 6 ост.нь.
Кииһилэни сууйан, кырбаан баран, уу, саахар кутан, орто уокка булкуйа-булкуйа, 20 мүнүүтэ устата хойдуор диэри буһараҕыт.
Ытырыык от (крапива)
Сибиэһэй, саҥа үүммүт ытырыык окко С битэмиин лимоннааҕар 4 төгүл, каротина моркуоптааҕар 2 төгүл элбэх. Онон нууччалар былыр-былыргыттан аска туһаналлар.
Ытырыык от саҥа үүммүт сэбирдэхтэрин оргуйбут итии уунан кутан баран, тута тымныы ууга угуллар. Ньээм-ньээм сэбирдэҕин туустаах ууга 1 чаас устата сытыарыллар. Кииһилэ сэбирдэҕин сууйан, кырбыыгыт.
Оливковай арыыны, лимон сүмэһинин, тууһу булкуйан, тума оҥоһуллар.
Бу үүнээйилэри кырбаммыт хаппыыстаны, күөх луугу кытта булкуйан, туманы, үрдүгэр грецкэй эриэхэни бытарытан куттахха, салаат бэлэм!
Начыыҥкалаах чуду
Чуду диэн арыыта суох кураанах хобордооххо ыһаарыламмыт лэппиэскэ. Тиэстэтэ доруоһалаах да, доруоһата суох да буолуон сөп. Буспутун кэннэ ынах арыытынан биһэн баран, итиилии сиэниллэр.
Ытырыык от – 2 тутум;
Бурдук – 370 г;
Кэпиир, суорат – 250 г;
Туус, суода;
Иэдьэгэй – 150 г;
Сүөгэй – 1-2 ост.нь.;
Хаппыт базилик, туус.
Саҥа үүммүт ытырыык от сэбирдэхтэрин сууйан, дуршлагка ууран баран, оргуйбут итии уунан кутуҥ, кыра гына кырбааҥ.
Хобордооххо үүнээйи арыытын кутан, сылытан баран, кырбаммыт ытырыык оту, иэдьэгэйи, сүөгэйи, базилигы кутан, 1 мүнүүтэ устата буһарыҥ, туустааҥ, биэрэстээҥ. Начыыҥката бэлэм.
Кэпииргэ суоданы кутан баран, туруора түһүҥ. Тууһу, бурдугу кутан, тиэстэни мэһийиҥ. Бу кэнниттэн сотторунан сабан баран, 15 мүнүүтэ туруора түһүҥ. Тиэстэни 6 чааска үллэрэн баран, хас биирдиилэригэр начыыҥкатын кутуҥ. Тиэстэ кытыытын холбоон, төгүрүк оҥорон баран, ыскаалканан хаптатан, иһигэр начыыҥкалаах хаптаҕай лэппиэскэни оҥоруҥ.
Халыҥ түгэхтээх хобордооҕу ититэн баран, арыыта суох икки өттүттэн эргитэ сылдьан, буһарыҥ. Ынах арыытынан соттоххо, чуду өссө минньийэр.
Күөх миин
Тоҥ шпинат – 200 г;
Ытырыык от – 300 г;
Луук – 1 уст.;
Күөх биэрэс – 1 уст.;
Хортуоска – 1 уст.;
Ынах арыыта – 2 ост.нь.;
Туус, хара биэрэс.
Луугу, хортуосканы, күөх биэрэһи ыраастаан, кырбаан баран, ынах арыытыгар 5-6 мүнүүтэ ыһаарылааҥ. Онно кырбаммыт ытырыык оту, шпинаты эбэн баран, 1,5 л ууну кутан, туустаан-биэрэстээн, миин курдук буһараҕыт. Ол кэнниттэн угуллар блендеринэн кириэм курдук буолуор диэри эрийтэрэҕит. Тэриэлкэҕэ кутан баран, үрдүгэр сүөгэйинэн, буспут сымыытынан, суухара килиэбинэн, петрушканан киэргэтиэххэ сөп.
Мутукчаттан смузи
Саҥа үүммүт мутукчаҕа хлорофилла, С битэмиинэ олус элбэх. Мутукча микробтары, бактыарыйалары өлөрөр, иһиини кыччатар, хааны тупсарар, тымырдары, иммунитеты бөҕөргөтөр. Мутукчаны салаакка эмиэ кутуохха сөп.
Тиит мутукчата – 30 г;
Лимон аҥаара;
Мүөт – 1 ост.нь.;
Уу – 2 ыстакаан.
Блендергэ барытын кутан баран, 1 мүнүүтэ устата эрийтэрэҕит. Амсайан көрөн баран, мүөтүн эбэн биэриэххэ сөп. Маарылаҕа кутан сиидэлиигит, ыгаҕыт. Бу маарыланы мөһөөччүк курдук баайан баран, салгыы ванналанарга туһаныахха сөп.
Сиидэлэммит утаҕы ыстакааҥҥа кутаттаан, лимон өлүүскэтинэн, мээтэнэн киэргэтэҕит.
Бэс куоппаһа (пыльца)
Бэс ыйыгар бэс мас “сибэккилиир”. Лабааларын төбөлөрүттэн араҕас сибэкки курдук быган тахсар, сотору буолаат, куоппаһырар, ол эбэтэр, бурҕаҥныыр быыл курдук баар буолар. Дьэ, бу куоппаһа өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнэнэр эмтээх. Сүрүннээн тыынар уоргаҥҥа, тумууга туһалаах. Бэс куоппаһа оннооҕор сэллик ыарыыны, ааспат сөтөлү, саҥа үөскээбит искэни эмтиир, айылҕа антибиотигын курдук үлэлиир.
Ону тэҥэ, сүрэх-тымыр ыарыыларыгар туһалаах, тымыры бөҕөргөтөр, куһаҕан холестерины ыраастыыр. Анемиялаах, диабеттаах, үрдүк дабылыанньалаах, простатиттаах дьоҥҥо ордук туһалаах. Иммунитеты күүһүрдэр. Сааһырбыт дьахталлар гормоннарын бэрээдэктиир. Бэс куоппаһын туһатын туһунан оннооҕор былыргы шумердар туойга суруйан хаалларбыттар эбит.
Куоппаһы хомуйар кэм бэрт кылгас. Сибэккитин сэрэнэн тууран ылан, ыраас бакыакка хомуйаллар. Дьиэҕэ аҕалан баран, ыраас кумааҕыга (хаһыакка буолбатах) сэрэнэн тэлгэтиллэр. Хас да күн сыппытын кэннэ, куоппаһа кумааҕыга түһэн хаалар. Сэрэнэн куоппаһын тэбээн биэриэххэ сөп. Бу сибэккитэ быраҕыллар.
Куоппаһы хаппахтаах бааҥкаҕа уура сылдьан, мүөккэ, эбэтэр, үүккэ кутан, 1-2 ньуосканан сиэниллэр. Иммунитет мөлтөөбүт, тумуу кэмигэр олус туһалаах.